[Текст песни «Тапталы талыый»]
[Интро: FiESTA]
Diamond
Тапталы талыый
Бэйэ Дьоно Family
[Куплет 1: Ponsash & FiESTA]
Түүҥҥү олох оргуйан олорор
Үҥкүү-битии түһүлгэлэри толорор
Түмсэллэр эдэр оҕолор
Имитэллэр оннооҕор олор
Эн да мэ, бу матыыптан обор
Эн да мэ, ама маны ким бобор
Бүгүн эмиэ, эн батыһан иһэҕин
Бүгүн эмиэ, тапталтан биһэҕин
Омуктуу оннук-маннык
Билбэппин билэҕин
Судургутук, субу курдук
Сахалыы эн кэрэҕин
[Бридж: Ponsash]
Намылый, налый, сыллыый
Бу хаһыс сылый?
Илэ илиибин ылыый, кууһан ылыый
Намылый, налый, сыллыый
Бу хаһыс сылый?
Илиибин ылыый, кууһан ылыый
Тапталы талыый
[Припев: Ponsash & FiESTA]
Тыый, тыый, сүрэхпин тыытыый
Тыый, барытын ыытыый
Тапталы талыый, е
Бэйэҕин арый
Кутум кылын таарый
[Куплет 2: Ponsash & FiESTA]
Тапталы талыый, е
Ыллыыбыт бииргэ, биһиги бииргэбит
Билигин бигэ бигэргэтэбит
Таптал эрэ бу сиргэ эбит
Атыны сиргэнэбит
Е, бэйэҕэр эрэнэҕин, бас бэринэҕин
Миэхэ, миэхэ эрэ, бээрэ
Тохтоо эрэ, мээрэ
Уол саайар син мээнэ
Иитэбин эмиэ мэҥиэ
Сүрэҕиҥ иҥниэ
Е, бу иэйии иҥиэ
Иккиэммитин тэҥниэ
[Бридж: Ponsash]
Ити итигирдик ириэрбиттии итии
Титирии тиритии, үҥкүү-битии
Имири имитии, илибирии иирии
Турукка киирии, бу быһа биэрии
[Припев: Ponsash & FiESTA]
Тыый, тыый, сүрэхпин тыытыый
Тыый, барытын ыытыый
Тапталы талыый, е
Бэйэҕин арый
Кутум кылын таарый
[Куплет 3: FiESTA]
Куппун бас билэҕин, ону дьэ билэҕин
Сүрэхпэр биллэҕин, чахчы эн бу илэҕин
Оннооҕор кэрэ хаамар тилэҕиҥ
Хааммар тиллэҕин
Таптал утаҕын иһэҕин, утары иһэҕин
Куппун бас билэҕин, ону дьэ билэҕин
Сүрэхпэр биллэҕин, чахчы эн бу илэҕин
Оннооҕор кэрэ хаамар тилэҕиҥ
Хааммар тиллэҕин
Таптал утаҕын иһэҕин, утары иһэҕин
Тапталы талыый (Сhoose love) was written by Ponsash & FiESTA (Sakha) & Diamond Style.
Тапталы талыый (Сhoose love) was produced by Diamond Style.
Ponsash released Тапталы талыый (Сhoose love) on Thu Apr 25 2024.