Эйиэнэ (Yours) by KitJah
Эйиэнэ (Yours) by KitJah

Эйиэнэ (Yours)

KitJah

The music player is only available for users with at least 1,000 points.

Download "Эйиэнэ (Yours)"

Эйиэнэ (Yours) by KitJah

Release Date
Fri Jun 03 2016
Performed by
KitJah
Produced by
Tuunnvvx
Writed by
KitJah

Эйиэнэ (Yours) Lyrics

[Текст песни «Эйиэнэ»]

[Куплет 1]
Билэбин миигинниин олус ыарахан
Ол эрэн олорор эбиккин эн миигиннээн (Е)
Мин эйигиннээн сэгэрим куус миигин эн
Туох да наадата суох уонна таптыыр сүрэхтээх эр киһиэхэ
Эрэн эн миэхэ барыта баар буолуоҕа кэминэн эн биһиэхэ
Нарын уоскун ууран сымнаатым
Олохпун сыаналаах дии санаатым
Эн уонна мин биһилэх кэтиэххэ, кэргэнниилэр дэниэххэ
Баайга-дуолга ымсыырбакка, оҕо күлэринэн олохпутун киэргэтиэххэ
Саха үгэһинэн кэскили тэриниэххэ, кэнчээри ыччаты үөскэтиэххэ
Тапталы куппутугар иҥэриэххэ, ийэ-аҕа дэниэххэ
Үйэлэргэ бииргэ сиэттиһэн көтүөххэ
Сүрэх сүрэххэ истиҥи сипсийэн
Сүрэх сүрэххэ истиҥи сипсийэн, истиҥи сипсийэн
Баар буолуом аттыгар мин баар буолуом
Баар буолаар аттыбар эн баар буолаар

[Припев]
Баар буолуом аттыгар мин, мин
Баар буолуом аттыгар хайа да түгэҥҥэ
Баар буолаар аттыбар эн, эн
Баар буолаар аттыбар хас биирдии олоҕум күннэригэр
Баар буолуом аттыгар мин мин
Баар буолуом аттыгар сыдьаайар сырдык эйгэҕэр
Баар буолаар аттыбар эн, эн
Баар буолаар аттыбар дохсун олоҕум үҥкүрдэригэр

[Бридж]
Бүтэһик да тыыммар этиэм мин эйиэнэбин диэн
Аныгыскы олохпутугар эмиэ буолуохпут дии иккиэн
Бүтэһик да тыыммар этиэм мин эйиэнэбин диэн
Аныгыскы олохпутугар эмиэ буолуохпут дии иккиэн

[Куплет 2]
Мин абыралым мин үтүө санаам, сырдыкка талаһар далаһам
Эн аатын кынатым, мин харысхалым
Харыстыыр миигин хараҥаттан
Сүрэхпэр кэтэ сылдьыаҕым ханна да
Эн уонна мин көтөбүт куйаарга
Тапталтан түөспүт умайар уотка
Эн устума умуллума, харыстыырбын умнума
Көр миигин өлөн да тиллиэҕим
Син биир эн мин суолбун сирдиэҕин
Билэҕин ди бэриммэппин мин эрбин
Итэҕэйэргэ эн миигин үөрэппитин
Испэр үтүөбүн күөдьүппүтүн
Сүрэхпинэн аны мин бүтүҥмүн

[Бридж]
Эн мин дьылҕам киэргэтэҕин
Сыллыйым итэҕэй биэр илиигин
Эн мин дьылҕам киэргэтэҕин
Сыллыйым итэҕэй биэр илиигин
Эн мин дьылҕам киэргэтэҕин
Сыллыйым итэҕэй биэр илиигин
Эн мин дьылҕам киэргэтэҕин
Сыллыйым итэҕэй биэр илиигин

[Припев]
Баар буолуом аттыгар мин, мин
Баар буолуом аттыгар хайа да түгэҥҥэ
Баар буолаар аттыбар эн, эн
Баар буолаар аттыбар хас биирдии олоҕум күннэригэр
Баар буолуом аттыгар мин, мин
Баар буолуом аттыгар сыдьаайар сырдык эйгэҕэр
Баар буолаар аттыбар эн, эн
Баар буолаар аттыбар дохсун олоҕум үҥкүрдэригэр

Эйиэнэ (Yours) Q&A

Who wrote Эйиэнэ (Yours)'s ?

Эйиэнэ (Yours) was written by KitJah.

Who produced Эйиэнэ (Yours)'s ?

Эйиэнэ (Yours) was produced by Tuunnvvx.

When did KitJah release Эйиэнэ (Yours)?

KitJah released Эйиэнэ (Yours) on Fri Jun 03 2016.

Your Gateway to High-Quality MP3, FLAC and Lyrics
DownloadMP3FLAC.com