Эн дьолун мин (Your happiness is me) by FiESTA (Sakha) (Ft. Сахамин (Sakhamin))
Эн дьолун мин (Your happiness is me) by FiESTA (Sakha) (Ft. Сахамин (Sakhamin))

Эн дьолун мин (Your happiness is me)

FiESTA (Sakha) & Сахамин (Sakhamin) * Track #14 On Deluxe

The music player is only available for users with at least 1,000 points.

Эн дьолун мин (Your happiness is me) Lyrics

[Текст песни «Биир түгэн» ft. Сахамин]

[Припев: Сахамин]
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ

[Куплет 1: FiESTA]
Эн тускар барытын омуна суох уйунуом
Олох охсууларын оонньуута суох тулуйуом
Доҕоруом, искэр таай, хайаан да толоруом
Харахпын арыйбакка эрэ сүүстэн булуом
Тугу саныыргын, астынаргын итии күннэрим
Эн таптыыргар маарыннатыам сэгэриэм
Киэргэниэм биэчэргэ анаан эйиэхэ
Сибэкки минньигэс бу күндү таас эйиэнэ
Бу күнү бүтүннүү бэлэхтиэм, умнуом суоҕа
Тугу да этимэ, сүрэҕим ытыскар буолуоҕа
Олоҕум тухары кэтэспит курдукпун
Күнүм-ыйым, тыынар салгыным буолбуккун

[Припев: Сахамин]
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ

[Куплет 2: FiESTA & Сахамин]
Эйигин тутуом, чөл буолуом
Охтоох буолуом, итэҕэй, эрэн, таптаа, эйиэнэ буолуом
Харыстаа, соҕотохпун дии эйиэхэ мин
Үп баһын байан, дьоллоох буолуохпут эйигинниин
Улаханнык эппэппит этэҥҥэ
Кыра киһилиин, эчи минньигэһин эйээргиир мичээрин
Таптал таҥарата айбыт аанньала
Дьылҕа хаан өйдөөн миэхэ аҕалла
Уорбуккун диэбэппин сүрэхпин мин
Эн курдук киһиэхэ үрдүк үөрүүнэн биэрэбин
Сөбүлэс, номнуо уон сэттэлээх буолбатахпын
Мин эр киһибин, тылбын тыалга бырахпаппын
Арахсыы суолун сураһыма, одулуу көрүмэ
Туора санааны сыстарыма, эн дьолун мин эрэ

[Припев: Сахамин]
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ
Харахтаргын симэн ыра санаабын таай
Хайыан этэй барытын толорумаар
Бу күн сиригэр тапталым эн эрэ
Бастакы бүтэһик соҕотох эн эрэ

Эн дьолун мин (Your happiness is me) Q&A

Who wrote Эн дьолун мин (Your happiness is me)'s ?

Эн дьолун мин (Your happiness is me) was written by FiESTA (Sakha) & Сахамин (Sakhamin) & SAFE (Producer) & LeKyes.

Who produced Эн дьолун мин (Your happiness is me)'s ?

Эн дьолун мин (Your happiness is me) was produced by SAFE (Producer) & LeKyes.

Your Gateway to High-Quality MP3, FLAC and Lyrics
DownloadMP3FLAC.com