Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) by KitJah
Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) by KitJah

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam)

KitJah * Track #2 On Хотойтон хотой (From eagle to eagle)

The music player is only available for users with at least 1,000 points.

Download "Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam)"

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) by KitJah

Release Date
Sat Jun 15 2019
Performed by
KitJah
Produced by
Вадим Борисов (Vadim Borisov)
Writed by
KitJah & Вадим Борисов (Vadim Borisov)

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) Lyrics

[Текст песни «Айдам-Сайдам»]

[Куплет 1]
Айгыр астаах силиктээх Аал Луук Мас
Аан Алахчын ыйыгар биирдии Уус талаҕыгар
Саҥа сэбирдэх үөскэтэр тылыннарар
Ол күнтэн ылата олохпун Одун Хаан айбыта
Томолоон маҥан күннээх күөх халлаан анныгар
Окко түспүт оҥоһуум сииккэ түспүт сэрэбэйим
Бэйэн эрэ билэн эрдэҕин миигин туох кэтэһэрий

[Предприпев]
Иэйэхсит Эдьээн Ийэ хотун үтүө тыына
Бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
Илиҥ халлаан аҕата Үрүҥ Айыы Аар Тойонум
Ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа

[Припев]
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ (Е, е, е, е)
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ (Айдам Сайдам)

[Куплет 2]
Айдам Сайдам дьиэ уот туттан
Айҥаат хаан аймах уҥаар буруота уостума
Умуллума ханна да буоллум умнума
Бэйэҥ мутуккун көрдүм ээ
(Алҕаар Хаан Тэтэрикээн) Алҕаар Хаан Тэтэрикээн
Аан дойдубут киэҥ да киэҥ, ханна баарый мин да мин
Биирдэ эрэ кэлбитим, Саха буолан төрөөбүтүм
Бэйэм тылбын билээрибин, итэҕэлбин өйөөрүбүн
Өбүгэбин өйдөөрүбүн
Санаабын санаа сап саҕырбатын
Адьарай хараҥа дьай мин суолбар турбатын
Им балай мин туонабын буулаабатын
Аартык биэдин иннигэр, эрэлин эрэ баар илиигэр
Сүрэҕин истинник үөрэригэр
Олох бэйэтэ үөрэтэр, уустуктартан күрэтэр

[Предприпев]
Иэйэхсит Эдьээн Ийэ хотун үтүө тыына
Бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
Илиҥ халлаан аҕата Үрүҥ Айыы Аар Тойонум
Ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа

[Припев]
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ (Е, е, е, е)
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо, оһуохай, чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ (Айдам Сайдам)

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) Q&A

Who wrote Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam)'s ?

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) was written by KitJah & Вадим Борисов (Vadim Borisov).

Who produced Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam)'s ?

Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) was produced by Вадим Борисов (Vadim Borisov).

When did KitJah release Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam)?

KitJah released Айдам-Сайдам (Aidam-Saidam) on Sat Jun 15 2019.

Your Gateway to High-Quality MP3, FLAC and Lyrics
DownloadMP3FLAC.com